Уус-уран салайаачылар күрэхтэрэ
Ахсынньы ый 14 күнүгэр МНЖирков аатынан култуура дыбарыаһыгар улуус таһымнаах Уус-уран салайааччылар күө-күрэстэрэ буолан ааста.
Манна Халбаакы нэһилиэгин аатыттан Санаайа Герасимова «Тускул» НАДь уус-уран салайааччыта кытынна.
Күрэххэ уопсайа 8 нэһилиэк кыттыыны ылбыта, 4 түһүмэххэ бэйэтин сатабылын, талаанын, өйүн сымсатын көрдөрөн 3 бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.
1 миэстэ — Бороҕон Сэмэн Федоров уонна 2 миэстэ — Тааһаҕар Гульнара Алексеева ыллылар.
https://t.me/xalbaaki_sonun/5056: Уус-уран салайаачылар күрэхтэрэ