Түөлбэ талаана
Ахсынньы 15 күнүгэр Улуус таһымнаах сыллааҕа «САЙДАМ БАСТЫҤ ТҮӨЛБЭ» фестиваль чэрчитинэн культура салаатынан ыытыллар «Түөлбэ талаана» кулууптар икки ардыларыгар ыытыллар күөн-күрэс түмүктүү түһүмэхтэрэ буолан аастылар.
1 көрүҥ — В.О.Каратаев «Модун эр соҕотох» олоҥхотунан маһынан панно.
Автор — Николаева Мария Владимировна.
2 көрүҥ — Сюжетнай үҥкүү көрүҥҥэ 4,5 кылаас кыргыттара кыттыыны ыллылар, туруорааччы Намыына Борисовна Софронова.
3 көрүҥ — Дьиэ кэргэн ырыа күрэҕэ. Павловтар дьиэ кэргэттэрэ «Ийэҕэ таптал» диэн ырыанан кыттыыны ыллылар. Владислав, Ярик уонна Саяна.
4 көрүҥ — Музыкально художнственная композиция «Агитбригада-время выбрало С.М.Аржакова».
Куруутун киинэҕэ, постановкаларга, олоҥхоҕо кыттар оҕолорбут, ону таһынан улахан кылаас уолаттара уонна 4,5 кылаас кыргыттара кыттыыны ыллылар. Салайааччы Санаайа Герасимова
Сылы быһа уопсайа кулууппут 8 көрүҥҥэ кыттыыны ылла,ахсынньы ый 25 күнүгэр түмүк таһаараллар 🤞🏼.
Көхтөөх, кыттыыны ылар дьоммутугар улахан махтал. Оҕолорго, төрөппүттэригэр, администрациябытыгар махтал буоллун ♥️
https://t.me/xalbaaki_sonun/5070: Түөлбэ талаана