Оҕолор олоҥхолоро
Ахсынньы 12 күнүгэр Бүлүү куоратыгар Марк Жирков аатынан култуура дыбарыаһыгар үрдүк таһымнаах үлэ түмүгэ сүрэхтэннэ.
Бүлүү улууһун олоҥхо Ассоциацията уонна Н.И.Ылахов аатынан «Алгыс» НКК «Модун эр соҕотох» диэн Василий Каратаев олоҥхотунан оҕолорго аналлаах 3 хартыыналаах олоҥхо-испиктээк туруорбуттарын көрдүбүт.
Бу олоҥхо туруоруутугар Бүлүү улууһун оскуолаларын оҕолоро кытыннылар.
Сүрүн оруоллары биһи Халбаакыбыт оҕолоро толордулар, «Дьүрүскэн» оскуола сайдар куруһуогун иитиллээччилэрэ, салайааччы Светлана Николаевна Петрова.
Испиктээк режиссерун көмөлөһөөччүтэ Николаев Иннокентий Егорович буолла.
Биир дойдулаахпыт Мария Ильинична Иванова сүрдээх улахан айымньыны кылгатан, оҕолорго табыгастаах, өйдөнүмтүө буоллун диэн постановка сценарийын оҥордо.
Олоҥхо-олохпут олуга!
Салайааччыларга, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ, сүүрпүт-көппүт дьоҥҥо, кырачаан артыыстарбытыгар нэһилиэк аатыттан улахан Махтал буоллун. Маннык курдук көхтөөх, кэрэҕэ тардыһыылаах буолун!
https://t.me/xalbaaki_sonun/5027: Оҕолор олоҥхолоро