Категория: Новости
27 Дек
18 Дек
Ахсынньы 15 күнүгэр Улуус таһымнаах сыллааҕа «САЙДАМ БАСТЫҤ ТҮӨЛБЭ» фестиваль чэрчитинэн культура салаатынан ыытыллар «Түөлбэ талаана» кулууптар икки ардыларыгар ыытыллар күөн-күрэс түмүктүү түһүмэхтэрэ буолан аастылар. 1 көрүҥ — В.О.Каратаев «Модун эр соҕотох» олоҥхотунан маһынан панно. Автор — Николаева Мария Владимировна. 2 көрүҥ — Сюжетнай үҥкүү көрүҥҥэ 4,5 кылаас кыргыттара кыттыыны ыллылар, туруорааччы Намыына Борисовна Софронова. […]
18 Дек
Ахсынньы ый 14 күнүгэр МНЖирков аатынан култуура дыбарыаһыгар улуус таһымнаах Уус-уран салайааччылар күө-күрэстэрэ буолан ааста. Манна Халбаакы нэһилиэгин аатыттан Санаайа Герасимова «Тускул» НАДь уус-уран салайааччыта кытынна. Күрэххэ уопсайа 8 нэһилиэк кыттыыны ылбыта, 4 түһүмэххэ бэйэтин сатабылын, талаанын, өйүн сымсатын көрдөрөн 3 бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ. 1 миэстэ — Бороҕон Сэмэн Федоров уонна 2 миэстэ — Тааһаҕар […]
18 Дек
Ахсынньы 12 күнүгэр Бүлүү куоратыгар Марк Жирков аатынан култуура дыбарыаһыгар үрдүк таһымнаах үлэ түмүгэ сүрэхтэннэ. Бүлүү улууһун олоҥхо Ассоциацията уонна Н.И.Ылахов аатынан «Алгыс» НКК «Модун эр соҕотох» диэн Василий Каратаев олоҥхотунан оҕолорго аналлаах 3 хартыыналаах олоҥхо-испиктээк туруорбуттарын көрдүбүт. Бу олоҥхо туруоруутугар Бүлүү улууһун оскуолаларын оҕолоро кытыннылар. Сүрүн оруоллары биһи Халбаакыбыт оҕолоро толордулар, «Дьүрүскэн» оскуола сайдар […]
18 Дек
Халбаакы нэһилиэгин тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт сыллааҕы культура фестиваля «Мин олус арааспын, мин мэлдьи баарбын…» Иван Михайлович Гоголев — Кындыл айымньыларынан постановка күрэҕинэн түмүктэннэ. Кыттыыны ылбыт тэрилтэлэргэ махтал 🤗 1 миэстэ — «Кэнчээри» уһуйаан 2 миэстэ — П.И.Быканов аатынан орто оскуола 3 миэстэ — Кулууп уонна администрация хомуур хамаандата
18 Дек
Сэтинньи 21 күнүгэр «Дьүрүһүй хомус, дуорай олоҥхо» алгыстаах тойуктаах, хомус дьүрүскэннээх олоҥхо уонна хомус күнэ буолан ааста. Кулууп уус-уран салайааччылара хомуска уонна тойукка маастар кылаас биэрдилэр, Халбаакы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ олоҥхолоон иһитиннэрдилэр.
18 Дек
Халбаакыга Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтээтибит 👌🏼 Тэрилтэлэр, оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар. Күрэх түмүгүнэн 🥇 «Кэнчэри» уһуйаан 🥈 П.И.Быканов аатынан орто оскуола үлэһиттэрэ 🥉 Балыыһа уонна ЖКХ хомуур хамаандата 🏅 П.И.Быканов аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ Ону таһынан араас номинацияҕа тигистилэр: «Көхтөөх дьиэ кэргэн» Ярослав, Екатерина Ивановтар «Бастыҥ бүлүүдэ» Балыыһа уонна ЖКХ хомуур хамаандата «Бастыҥ норуоту билиһэннэрии» «Кэнчэри» […]
18 Дек
«ТУСКУЛ» норуот айымньытын дьиэтигэр Улуу Өктөөп күнүгэр анаммыт «Саныаҕыҥ доҕоттор ааспыты, өрөгөйдөөх Өктөөбү» тэрээһин буолан ааста.
Өрөспүүбүлүкэ күнүн чэрчитинэн Халбаакы нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар “Сандалы остуол тула” күрэх буолан ааста. 1 миэстэ «Тоһуу түөлбэ»2 миэстэ «Быһыттаах уоттара»3 миэстэ «Төрүт түөлбэ»Саамай минньигэс «Якутяночка» салаат — Лина Николаева Алаһа түөлбэСаамай минньигэс саламаат — Виктория Уварова Быһыттаах уоттара түөлбэБалык кыһыыта уонна сервировка — Анатолий Эверстов, Валентина Протопопова Саһарҕа түөлбэХомус күрэҕэ — Анна Степанова Саһарҕа […]